- 18/05/2023
- 159
- нет
Ыам ыйын 15 күнэ — Аан дойдутааҕы дьиэ кэргэн күнэ.
Чурапчы улууһун Сылаҥ нэһилиэгин Ытык ыалларын — 60 сыл уонна 50 сыл бииргэ олорбут дьоһун дьонун билсиҥ, көрүҥ! Хас биирдиилэрэ дьоһун олоҕу олорон, үгүс үлэни үлэлээн, күн бүгүн ыччат дьоҥҥо холобур буолар ыалларбыт.
Саха ыала
Сайдам мааны саха ыалын
Тэйэ сылдьан ахтан-санааан,
Тэһийбэккэ ыллаан-туойан
Ахтылҕаммын таһаарабын.
Саха ыала, Саха ыала
Айах тутар ыалдьытымсах
Дьэдьэн суорат, күөрчэх сүөгэй
Остуолугар өрүү дэлэй.
Ааһар олоҕум устата
Миигин ыҥырар уоскута
Саха ыалын итии чэйэ
Саҥа буспут алаадьыта.
Саха ыалын сылаас дьиэтэ
Үөрэр-көтөр хоноһоҕо
Саха тылын минньигэһин
Манна сылдьан билэҕин. Сергей Егоров хоһооно.
Комментарий читателей статьи "Ыам ыйын 15 күнэ — Аан дойдутааҕы дьиэ кэргэн күнэ."