- 29/09/2023
- 22
- нет
Саха өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннаһын күнүгэр анаан «Ситиһиигэ суол» дьыалабыай оонньуу.
Балаҕан ыйын 28 күнүгэр библиотека көҕүлээһининэн профессор Г.П.Башарин орто оскуолатын 10 кылааһын актибист оҕолорун кытта нэһилиэк дьаһалтата уонна култуура үлэһиттэрэ көрсүһэн дьыалабай оонньуу, аһаҕас кэпсэтии ыыттыбыт. Тэрээһиммитигэр нэһилиэк баһылыга Егор Иннокентьевич Макаров кыттан, көрсүһүү таһымын үрдэттэ. Үс түһүмэхтээх оонньууга : историяттан ыйытыктар, Бэргэн этиилэри ырытыһыы, мин санаам. Оҕолор да, улахан да дьон бэйэлэрин санааларын аһаҕастык этэн, хас биирдии киһи тус-туһунан санаалаах, өйдөбүлү ылынарын бигэргэттилэр. Түмүккэ хас биирдии киһи ситиһиилээх олоҕо тус бэйэтиттэн тутулуктааҕын, төрөөбүт дойдуга бэриниилээх буолуу, төрөөбүт дойду киһи олоҕор улахан төһүү күүс буоларын ылынныбыт. Нэһилиэкпит сайдыыта, ыраас буолуута бэйэбититтэн тутулуктааҕын өйдөөтүбүт. бу оонньууга, көрсүһүүгэ сөптөөх кинигэлэри көрдүбүт, саҥа кинигэлэри билистибит.
Комментарий читателей статьи "Саха өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннаһын күнүгэр анаан «Ситиһиигэ суол» дьыалабыай оонньуу."