МКУК "Чурапчинская МЦБС"
филиал №12 сыланская сельская
модельная библиотека

РС (Якутия), Чурапчинский улус, с. Сылан,
ул, Дьячковского, д. 76
Главная » Память » Комсомол 105 сыла!

Свежие комментарии

Комсомол 105 сыла!

20-с үйэ эрчимнээх эдэр сааһын быстыспат доҕоро – Комсомол кэккэтигэр хаампыт, түмсүбүт ыччат дьону уонна билиҥҥи 21 үйэ эдэр ыччатын дойдубут историятын кэрэһэлиир биир күндү бырааһынньыгынан,

Комсомол төрүттэммитэ 105 сылынан эҕэрдэ!

       Бүтүн Союзтааҕы Комсомол төрөөбүт күнүнэн алтынньы ый 29 күнэ 1918 сыл ааҕыллар.  Ити күн оробуочай уонна үлэһит бааһынай ыччат Бүтүн Россиятааҕы I съеһинэн тэриллибитэ.  

ЫБСЛКС — Ыччат Бүтүн Союзтааҕы Ленинскэй Коммунистическай Союһа, толору аатын 1926 с. ылбыта. Комсомол үрдүкү органынан – комсомоллар съезтэрэ буолара. Комсомол баарын тухары барыта 22 съезд буолбута. Бүтэһик 1991 с. балаҕан ыйыгар буолбут съездкэ комсомол  үлэтин тохтоторун туһунан биллэрбиттэрэ.

  Үлэҕэ ыҥырыы, үөрэххэ угуйуу, үрдүк чыпчааллары дабайыы – бу комсомол партия этиитин ылынан үлэлээбит кэмнэрин дебиһэ этэ.

 Комсомол сүрүн соруга – дойдуга бэриниилээх буолуу.

  Хас биирдии комсомол чилиэнэ киэн тутта түөһүгэр иилинэрэ комсомольскай значогу, сиэбигэр баар буолара комсомольскай билет.

  Сэттэ уонтан тахса сыл устата историяҕа көмүс буукубанан суруллубут сүүһүнэн мөлөйүөн ыччат дьылҕатын сибээстээбит, Ийэ дойдуга тапталы, бэриниилээх буолууну, патриотизм, интернационализм тыыныгар ииппит албан аттаах комсомол бойобуой уонна айар-тутар суола  умнуллубат.

  Бу сыллар тухары үлэ геройдарар – улахан баараҕай тутуулары: куораттары, фаврикалары, заводтары, үрдүк күүрүүлээх уот ситимнэрин, метролары, тимир суоллары оҥорууга ыҥырыынан барбыттара, өрө күүрүүлээхтик үлэлээбиттэрэ. Гражданскай сэриигэ, Аҕа дойду улуу сэриитигэр  эдэр байыастар комсомольскай билеттэрин түөстэригэр уктан өстөөҕү утары барбыттара. Дойдуга бэриниилээх буолуу бастыҥ холобурун көрдөрбүттэрэ.

  Комсомол барыта 6 орденнаах:

 1928 сыл Кыһыл Знамя ордена — Гражданскай 1918-1922 сс.. сэриигэ бойобуой үтүөлэрин иһин.

1931 с. Үлэ Кыһыл Знамята орден — бастакы пятилеткаҕа охсуулаах, ситиһиилээх үлэтин иһин.

1945 с. Ленин ордена — Аҕа дойду 1941-1945 сс. сэриитигэр Кыайыыга кылаатын иһин.

1948 с. Ленин ордена — Комсомол 30 сылынан ыччаты уонна пионерияны иитиигэ кылаатын иһин.

1956 с. Ленин ордена — кырыс сирдэри баһылааһын уонна саҥа куораттары, бөһүөлэктэри тутуу иһин. 

1968 с. Октябрьскай революция ордена — Комсомол 50 сылынан бары эйгэҕэ ситиһиилээх үлэтин иһин.

   1921 сыл муус устарга Дьокуускайга уобаластааҕы I комсомольскай съезд ыытыллыбыта. Бастакы сэкирэтээринэн Раиса Цугель буолбута.  Сахабыт сиригэр сэбиэскэй былаас олохтонуутугар, үөрэхтээһин, колхозтар тэриллиилэрэ, саҥа олох киириитэ, манна барытыгар комсомол инники буолара. Аҕа дойду Улуу сэриитигэр  саха  хомсомуоллара хорсуннук-хоодуоттук кыттыбыттара. Алмаас бырамыысыланнаһа  сайдыытыгар, Мииринэй, Нерюнгри куораттар  төрүттэниилэригэр, Алдаҥҥа көмүһү хостооһуҥҥа, БАМ-ы, АЯМ-ы тутууга  барытыгар комсомоллар  үлэлээбиттэрэ.    Комсомол – ыччакка сирдьит сулус буолбута.

  Бүгүн биһиги, Сылаҥ аныгы кэмин ыччата, урукку көлүөнэ комсомолецтара киэн тутта ааттыыбыт – Боотуруускай улуус комсомольскай ячейкатын сэкирэтээрэ Дьячковскай Николай Васильевич аатын. Биир дойдулаахпыт, бастыкы комсомолец, саҥа олоҕу тутууга күүскэ үлэлээбит Николай Васильевич Дьячковскай сырдык кэриэһигэр, киниэхэ уонна кинини кытта саҥа олоҕу тутууга өрө күүрэн үлэлээбит дьоммутугар, кинилэр үтүө ааттарыгар сүгүрүйэбит уонна андаҕайабыт – саҥа сайдыылаах кэмҥэ олоххо көхтөөх, түмсүүлээх, кыайыылаах-хотуулаах буолуохпут, Сылаҥмытын ааттата, киэн тутта туруохпут диэн!

Комментарий читателей статьи "Комсомол 105 сыла!"

  • Есть чем поделиться? Пишите в комментариях

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *