- 13/03/2024
- 43
- нет
Сонуннар…
Сааскы бастакы бырааһынньыкка — Аан дойду дьахталларын күнүгэр Сылаҥнааҕы сынньалаҥ киин уонна библиотека буоларын курдук кэрэ аҥардарга болҕомто ууран тэрээһиннэри ыыттыбыт :
- “Саха поэзиятын кыталык кыргыттара” – диэн ааттаан саха поэзиятыгар айар үлэлэринэн бигэтик киирбит, күн бүгүн айа-тута, суруйарга холоно сылдьар кэрэ аҥардар хоһооннорун дорҕоонноохтук ааҕыыга аһаҕас куонкурс биллэрбиппит, ыҥырыыны көрөн Чурапчыттан, Улахан Күөлтэн, Одьулуунтан, Мындаҕаайыттан видео-хоһооннор кэлбиттэрэ.
Түмүккэ : 1 миэстэни – “Тапталлаах мин Сахам сирэ” автор бэйэтин хоһоонун ааҕыытынан, Любовь Петровна Трофимова, Сылаҥ нэһилиэгин Улахан Күөл учаастагыттан ылла.
2 миэстэни Чурапчыттан Диодорова Лидия Петровна-Күн Эйэ, эмиэ бэйэтин хоһоонунан “Дьиэ кэргэн туһунан хоһоон” ааҕан ылла.
3 миэстэ – Захарова Наталья Гаврильевна, Чурапчыттан, Наталья Харлампьева “Тыаллыын кэпсэтии” поэматыттан быһа тардыыны иэйиилээхтик ааҕан ылла.
Кыттыбыт дьоммутугар Грамоталары, туоһу суруктары, кинигэ бэлэхтэри туттардыбыт, бары кыттыбыт кэрэ аҥардарга истиҥ махтал тыллары аныыбыт. Куруутун бу курдук олоххо көхтөөхтүк кытта, үөрэ-көтө олохтон дуоһуйууну ыла, этэҥҥэ дьоллоохтук сылдьыҥ!
- Бу куонкурспутугар көмө курдук уонна саха поэзиятын кыталык кыргыттарыгар анаан “Алгыстаах тыллаах айар куолар умсугутар айымньыларын сэргии ааҕыҥ, билсиҥ!” диэн ааттаах кинигэ быыстапкатын дьон, ааҕааччы болҕомтотугар таһаарбыппыт.
- Сылаҥ нэһилиэгин түөлбэлэрин икки ардыгар “Далбар Хотун-2024” тэрийэн үрдүк таһымҥа ааста. Барыта сэттэ түөлбэ кыттан, талбыт талаан, истиҥ иэйии, кэрэ көстүү дьоро киэһэтэ табылынна.
Түмүккэ :
“Мааны Хотун-2024” – ааты Ноговицына Оксана Романовна
“Талба Хотун-2024”- ааты Матрена Петровна Федорова,
“Биһирэм Хотун — 2024” – ааты Валентина Иннокентьевна Сивцева,
“Хотун Ийэ — 2024” ааты Эльза Борисовна Макарова,
“Уран Хотун — 2024” ааты Монастырева Сардана Николаевна,
“Иэйии Хотун — 2024” ааты Харитина Иннокентевна Корякина,
“Далбар Хотун — 2024” ааты Нестерева Надежда Алексеевна.
Бары кыттыбыт, күүс-көмө буолан тэрийсибит дьоммутугар дьүүллүүр сүбэҕэ улахан махтал! Бу курдук тэрээһиннэр кэрэни кэрэхсииргэ, үтүөнү үксэтэргэ, саха буолан сандаарарга туһалыы, тэнийэ турдуннар
Комментарий читателей статьи "Сонуннар…"