- 06/12/2024
- 30
- нет
Кинигэ эйгэтигэр бииргэ.
Екатерина Николаевна Макарова, элбэх о5о ийэтэ, эбээтэ, култуура эйгэтигэр өр сылларга таһаарыылаахтык үлэлээбитэ. 1997-2000 сс. Сылаҥ библиотекатыгар сэбиэдиссэйинэн үлэлээбитэ. Ол кэннэ улуустааҕы киин библиотека комплектования отделыгар, правовой отделга библиотекарынан үлэлээбитэ. Екатерина Николаевна култуура үөрэхтээх, ырыаһыт, олус көхтөөх, бэһиэлэй киһи, истиҥ дьүөгэ буолар. Екатерина Николаевна өр сылларга библиотека үлэһиттэрин профсоюһун председателинэн олус таһаарыылаахтык үлэлээбитэ. Үлэһиттэргэ болҕомто, араас түмсүүлэр, бырааһынньыктар тэрээһиинэрин кыайа тутара. Сыллата ыытыллар улуустааҕы уус-уран самодеятельность фестивалыгар хас да сыл дьүүллүүр сүбэҕэ олорон, улууска култуура үлэтигэр бэйэтин кылаатын киллэрсибитэ.
Екатерина Николаевна үлэлээбит библиотекатыгар, Сылаҥҥа олус чугас, истиҥ сыһыаннаах. Улуустааҕы киин библиотекаҕа үлэлиир кэмигэр миэхэ куратор этэ. Сүбэ-ама биэрэр, туох, ханнык дьаһаллар кэлбиттэрин бириэмэтигэр тиэрдэр уонна отчуот, былаан үлэтин ирдээн, оҥоро охсон туттарарбар көмөлөһөрө. Кэллэҕинэ куруук кэһиилээх, күлэ-үөрэ киирэн кэлэн кэпсээнэ-сонуна баһаам буолар. Бу сырыыга, дьэ ааҕыы туһунан санааҕын эт диэн көрдөстүм.
- Ааҕыыны дьиэ кэргэҥҥэ оҕо саастан саҕалыахха сөп дии саныыбын,оҕоҕо интэриэһи тардан. Миигин ааҕыыга ордук ийэм угуйбута. Бэйэтэ үөрэҕэ суох буолан биһиэхэ “Хотугу сулус” сурунаалы аахтарар этэ. Ийэбэр “Хотугу сулуска” тахсар кэпсээннэри, сэһэннэри, үһүйээннэри улаханнык, дорҕоонноохтук ааҕарым. Далан “Тулаайах оҕо” сэһэнин ааҕаары нүөмэрин хас кэлэрин тулуйбакка күүтэрбит, дьиэҕэ үлэни үмүрүтэ охсон “Тулаайах оҕону” ааҕарым, ийэм ол аайы сэҥээрэн, оҕобут ханна тиийдэ буолла диэн долгуйан, кэтэһэн истэрэ. Өссө дикциябын тупсаран, санааларын үтүктэн ааҕарым, ол барыта кэлин олохпор олус туһалаах буолбута. Оҕолорбор ханнык кинигэни, тугу ааҕа сылдьарбын ис хоһоонуттан быһа тардан кэпсиирим уонна ааҕыҥ диэн интэриэстэрин тардарым, оччого ордук ымсыыран, умсугуйан ааҕаллара. Билиҥҥи оҕолорго кинигэ элбэх эрээри телефонтан арааран кинигэни ааҕалларыгар хайдах тардыахха сөп эбитэ буолла. Кыраларыгар бэйэ ааҕан, оруолларга арааран умсугутуохха сөп буолуо. Мин билигин да кинигэни, сурунааллары көтүппэккэ ааҕабын, ордук сахалыыны, дьон олохторун туһунан ааҕарбын ордоробун. Кинигэни ааҕыыттан киһи өйө-санаата сайдар, тылын-өһүн саппааһа байар, билииҥ- көрүүҥ кэҥиир. Кинигэ саҕа киһини сайыннарар, үөрэтэр суох дии саныыбын. Онон, эдэр ийэлэр, аҕалар оҕолоргутун кыра саастарыттан ааҕыыга уһуйуҥ диэн сүбэлиэм этэ.
Бу курдук кэпсээннээх Екатерина Николаевна, сайын Сылаҥҥа сайылыы, оттуу-мастыы, сир астыы таҕыстахтарына хайаан да кэлэн кинигэ, сурунаал уларсан ааҕаллар. Күһүн онтуктарын ааҕан туттаран бараллар, олус бэрээдэхтээх ааҕааччыларым, Макаровтар ыал. Этэҥҥэ сылдьыҥ, оҕолоргутугар, сиэннэргитигэр күүс-көмө, өйөбүл-тирэх буолар туруҥ!
Комментарий читателей статьи "Кинигэ эйгэтигэр бииргэ."