МКУК "Чурапчинская МЦБС"
филиал №12 сыланская сельская
модельная библиотека

РС (Якутия), Чурапчинский улус, с. Сылан,
ул, Дьячковского, д. 76
Главная » Библиотека ыалдьыта. » Кинигэҕэ тапталы иитии - сүрүн сорукпут
Уважаемые посетители сайта !
Просим принять участие в  опросе и ответить на вопросы  анкеты "Оценка удовлетворенности работой организации"

Свежие комментарии

Кинигэҕэ тапталы иитии — сүрүн сорукпут

    Библиотека бүгүҥҥү ыалдьыттара Сылаҥ нэһилиэгин Түөйэ учаастагын А.Т.Старостина аатынан оскуола-сад үөрэнээччилэрэ уонна учууталлара. Дириҥ историялаах  бөһүөлэк оҕолоро үтүөҕэ-кэрэҕ тардыһалларыгар, дойдуну таптыы үөрэнэллэригэр олук уурар оскуола сад буолар. Уһуйаан уонна оскуола биир ситимнээхтик үлэлээн оҕоҕо билиини биэрэ, сиэрдээх буолууга иитэ, саҥа үйэ тэтимиттэн хаалсыбакка олус таһаарыылаахтык үлэлии-хамныы, айа-тута олороллор.Оскуола директора  СӨ үөрэҕириитин туйгуна Майя Васильевна Новгородова.

  Оҕону кытта ыкса үлэлэһэр учуутал, СӨ үөрэҕириитин туйгуна Наталья Николаевна Беляева маннык кэпсиир : Оҕону иитиигэ ааҕыы биир улахан оруолу ылар. В.А.Сухомлинскай этэринэн: «Өскөтүн оҕо кыра сааһыттан кинигэни таптыы үөрэммэтэх, кинигэ ис туругун уһугуннарбатах буоллаҕына, оччоҕуна оҕо дууһата 13-14 сааһыгар кураанах буолуон сөп. Маннык оҕоттон толору үчүгэй киһи тахсыа диэн эрэниэххэ сатаммат.»

    “Оскуолабыт иһинэн кинигэни таптааччылар кэккэлэрин хаҥатыыга үлэ араас көрүҥнэрин туһанабыт. Сыл аайы оскуолабыт бибилэтиэкэтин саҥа кинигэлэринэн хаҥатабыт. Оҕолорго билиһиннэрэбит. Сөбүлүүр кинигэлэрин уларсан ааҕаллар. Алдьаммыт кинигэлэри абырахтыыллар. Кырачаан иитиллээччилэр остуоруйа, олоҥхо дьоруойдарын кытта билсиһэллэр уонна хоһоон ааҕан доргуталлар. Үөрэнээччилэрбит аахпыт кинигэлэринэн араас викториналарга кытталлар. Аахпыт айымньыларыттан уруһуйдууллар. Сөбүлүүр дьоруойдарын курдук кырдьыксыт, сымса, хорсун уонна элбэх сатабыллаах дьон буола улаатыахтарын баҕараллар. Оҕо кинигэни ааҕарыгар төрөппүт көмөтө суох табыллыбат. Дьиэ кэргэҥҥэ бары хаһыаты, кинигэни ааҕар буоллахтарына, оҕо эмиэ онтон холобур ылар. Төрөппүттэргэ оҕону төлөпүөнтэн аралдьытан араас дьарыктары оҥорорго сүбэлиибит. Бииргэ остуоруйалаһан, остуол оонньууларын арааһын оонньотон, саҥа дьылга аахпыт сөбүлүүр кинигэлэрин дьоруойдарын илиинэн бэйэ оҥоһуктарын оҥорорго куонкурус биллэрдибит. Хас биирдии оҕоҕо кинигэ  бастыҥ бэлэх буолара буоллар, оччоҕо дьэ  саҥа дьыллааҕы Дьикти диэхпит этэ…»

   Үтүө истиҥ эйгэҕэ кырачааннар билиигэ тардыһыылара күүһүрэр, кэрэни кэрэхсииллэр кэҥиир, үтүөнү үксэтэргэ талаһар буола улааталлар. Маны ис сүрэхтэриттэн ылсан үлэлии-хамныы олорор оскуола-сад иллээх коллектива кыайа-хото тутар, оҕолор сайдыыларыгар бары ааны аһарга дьулуһаллар.

Комментарий читателей статьи "Кинигэҕэ тапталы иитии — сүрүн сорукпут"

  • Есть чем поделиться? Пишите в комментариях

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *