- 13/05/2025
- 53
- нет
Ыам ыйын 15 күнэ – Аан дойдуга дьиэ кэргэн күнэ

Күндү сайт ыалдьыта, ааҕааччы! бу сигэнэн киирэн тургутукка оонньоо!
Тургутук оҥорорго : Попов Б.Н. Ыал быһаарыылаах тылдьыта. — Дьокуускай, 2001 с. туһанныбыт.
ХНТ Генеральнай Ассамблеятын быhаарыытынан дьиэ кэргэн күнэ 1994 с. бэлиэтэнэр.
Дьиэ кэргэн — таптал хатыламмат эйэгэтин, өйдөһүүнү уонна үтүө санааны түстүүр бу саамай чугас дьоммут. «Дьиэ кэргэн – судаарыстыба тирэҕэ»диэн этэллэр.Төhөнөн элбэх дьиэ кэргэн иллээхтик, эйэлээхтик, сиэрдээхтик, уопсай сыаллаах-соруктаах олорор да, соччонон биhиги уопсастыбабыт чөл туруктаах буоларынан бука бары субэбитин холбоон, кууспутун түмэн улэлиэххэйиҥ диэн баҕа санаабытын тиэрдэбит.
Бу маны тускар туһан — ДЬИЭ КЭРГЭН ТУҺУНАН ТААБЫРЫННАР:
Күнүһүн үлэлээх, киэһэтин түбуктээх (ийэ).
Сүгэлээх, эрбиилээх, күрдьэхтээх – ким ыарахан үлэни толорор? (аҕа)
Ийэттэн ураты биһигини ким өссө таптыырый? Бэрэски буһарар, алаадьы астыыр? (эбээ)
Илиитэ чэрдээх, маҥан бытыктаах уонна баттахтаах, сылаастык сыллаан ылар, ким баарый биһиэхэ? (эһээ)
Мин курдук кини эмиэ ийэ, аҕа оҕото (эдьиий, балыс, убаай, быраат)
ӨС ХОҺООННОР:
Аҕатын туйаҕын хатарыах барахсан.
Ийэ-аҕа санаата – оҕоҕо, оҕо санаата – тааска.
Кыыс — омук анала.
Оҕолоох ыалтан оннооҕор уот иччитэ үөрэр.
Ойуурдаах куобах охтон биэрбэт, дьонноох киһи өлөн биэрбэт.
Уол оҕо төрөөтөҕүнэ суор үөрэр, кыыс оҕо төрөөтөҕүнэ ыт үөрэр.
Комментарий читателей статьи "Ыам ыйын 15 күнэ – Аан дойдуга дьиэ кэргэн күнэ"