- 13/01/2026
- 33
- нет
Саҥа 2026 сылынан эҕэрдэ буоллун, барыгытыгар!
Саҥа үүммүт сыл элбхэх үтүө санаалары, үгүс билииини, сайдыыны аҕаллын.
Сэргэхсийэ таарыйа, бэриллибит ссылканан киирэн таабырынна таайсан ааһыаҕын! Саха барахсан былыр-былыргыттан уһун кыһыҥҥы киэһэлэри көмүлүөк таһыгар мустан таабырын таайсан, остуол тула олорон остуол оонньууларын оонньоон дьиэ кэргэн түмсэн сэргэхтик кэпсэтэн-ипсэтэн аһараллара.
Бу таабырынары оҥорууга олус туһалаах «Саха уһуйаана» серияҕа тахсар биллэрэр-көрдөрөр карточкалары туһанныбыт. Маннык карточкалыр «Айар» кинигэ кыһатыттан булуохха, библиотекаттан уларсан билсиэххитин сөп.


Комментарий читателей статьи "Саҥа 2026 сылынан эҕэрдэ буоллун, барыгытыгар!"