- 11/12/2024
- 102
- нет
Ытык киһи санаата
Библиотека ыалдьыта — Сылаҥ нэһилиэгин төрүт олохтооҕо, педагогическай үлэ бэтэрээнэ Валерий Афанасьевич Арепин. Кэргэнинээн Татьяна Софроновналыын 56 сыл ыал буолан, оҕо-уруу, сиэн, хос сиэн көрөр дьолун билбит ытык-мааны ыалбыт, убаастанар дьоммут. Валерий Афанасьевич идэтинэн учуутал, үгүс элбэҕи билэр ытык кырдьаҕас, библиотека бастыҥ доҕоро, ситимин быспат ааҕааччыта буолар. “Олох суола оспот : ааспыта суох, билиҥҥи суох” диэн ааттаах төрөөбүт түөлбэтин, чугас дьонун–сэргэтин туһунан ураты ис хоһоонноох кинигэни суруйан 2012 с. таһаартарбыта. Онно кирии тылы филологическай билим доктора, профессор Иван Егорович Алексеев-Хомус Уйбаан суруйбута. Библиотекаҕа кинигэни суруйан бэлэхтээбитэ, баар, уларсан ааҕаарыҥ. 2014 сыллаахха Сылаҥҥа тыл үөрэхтээхтэрин: СӨ наукатын үтүөллэх үлэһитэ, төрөөбүт тыл туһугар туруулаһааччы, профессор Гаврил Гаврильевич Филиппов, төрөөбүт тылбыт култууратын пропагандиһа, филологическай наука хандьыдааты, суруналыыс Михаил Петрович Алексеев-Дапсы уонна И.Е.Алексеев-Хомус Уйбаан курдук улахан дьону ыҥыран аҕалан оскуолаҕа, нэһилиэккэ көрсүһүү тэрийэн төрөөбүт тылга улахан болҕомто ууран, үтүө үлэни ыыппыт эбит. Библиотекаҕа үгүстүк сылдьан кэпсээн, сонун истэн, хаһыат ааҕан, “Күрүлгэн”, “Чолбон” сурунааллар саҥа таһаарыыларын көтүппэккэ уларсан ааҕара, саҥа сахалыы кинигэлэри сэҥээрэн ылара. Валерий афанасьевич үгүс ыстатыйалара «Саҥа олох», «Туймаада», «Кыым» хаһыаттрага бэчээттэммиттэрэ, дьон ааҕыытыгар, билиитигэр тахсыбыттара. Билигин куоракка оҕолоругар олорор, ол да буоллар сибээспитим быспаппыт, билсэ-кэпсэтэ олоробут. Чэ, билигин кылгас да буоллар санаатын суруйан ыыппытын ааҕыҥ:
Ытыктабыллаах Анастасия Васильевна, бу суруйуу эн ирдэбилгэр ыкса соҕус быһыылаах диисанаан, элбэх түбэлтэ тэҥ, биир чопчу холобур диэн кыбытабын. (хаһыаты сыһыарабын)
Мин бу 88- с кыһыным этэҥҥэ аастар диэн муҥутуур баҕалаах, 33 сыллааҕыта ахсынньы 8 күнүгэр үрэллэн ыһыллыбыт, 74 сыл айбардаабыт сэбиэскэй тутул олоҕун өйбөр-санаабар, эппэр- хааммар курдаттыы иҥэриммит көлүөнэ тобоҕуттан тооромос буоллаҕым.
Ити биэс сыллааҕыта суруйбут санаам эргэрэ илик эбит. Биһиги олохпут таһыма бэйэтин кэмигэр күөстүү оргуйар күүрээннээх кэмэ суох элбэх түгэннэрдээҕэ. Ол барыта бэчээт үлэтинэн дьоҥҥо тиэрдэллэрэ, сырдатыллара. Хаһыат, сурунаал, кинигэ араас эгэлгэтэ күннээҕи олоххо ха
рыыта суох тарҕатыллар. Онон оччотооҕу олох ааҕан сайдар айылҕалаах көлүөнэ дьонун киһитэбин дэнэр толору бырааптаахпын.
Ол иһин ааспыт олохпуттан хараһыйа- ахта саныырым эт- хаан сүппэттик сөҥмүтэ дэлэгэй бөҕө буоллаҕа ээ! Сэбиэскэй олоҕу «амсайбыт» дьон бу санааны утарбаттара буолуо.
Түмүктээн эттэххэ ааҕыы киһиэхэ туһатын туһунан мөккүөр мөҥүрээбэтэ ордук. Ааҕыҥ, дьаҥыһан туран элбэҕи! Адьас абыранартан атыны ол биэриэ суоҕа!
Баайык, Дьокуускай, ахсынньы, 2024.
Комментарий читателей статьи "Ытык киһи санаата"