МКУК "Чурапчинская МЦБС"
филиал №12 сыланская сельская
модельная библиотека

РС (Якутия), Чурапчинский улус, с. Сылан,
ул, Дьячковского, д. 76
Главная » Библиотека ыалдьыта. » Библиотека ыалдьыта - ырыа айааччы Федор Трофимов.
Уважаемые посетители сайта !
Просим принять участие в  опросе и ответить на вопросы  анкеты "Оценка удовлетворенности работой организации"

Свежие комментарии

Библиотека ыалдьыта — ырыа айааччы Федор Трофимов.

 Бүгүн “Библиотека ыалдьыта” рубрикаҕа  СӨ култууратын туйгуна, ырыа айааччы, ураты кэрэ куоластаах ырыаһыт, баянист, сцена ветерана,  бары убаастыыр коллегабыт – Федор Павлович Трофимов.Федор Павловиһы бу тохсунньу ыйга төрөөбүт күнэ буолбутун истэн-билэн баран, хайдах эрэ кэпсэтиэхпин баҕарбытым – олох туһунан, үлэ туһунан, ырыа туһунан. Бу санаабын олоххо киллэрэн телефон нөҥүө диалогтаһан, Любовь Петровна суфлердаах оҥордубут. Ааҕын, сэргээҥ!

Федор Павлович, эн култуураҕа үгүс сыл үлэлээн, култуура үлэтин билэн олордоҕун, ону этэн аас эрэ :

  • Култуураҕа өр сыл үлэлээбитим. Ол тухары араас дьону кытта алтыһан аастаҕым. Култуура үлэтэ ис иһигэр киирдэххэ уустук үлэ. Арай туораттан көрдөххө көр-нар, ырыа-тойук, үҥкүү-битии.Ол эрэн оннук буолбатах. Дьону кытта үлэлиир буоллахпыт.Хас мероприятия аайы дьону түмүү, кэпсэтии, кими эрэ көрдөһүү, албыннаһыы, тылгар ылыннарыы… Аны ыытар тэрээһиниҥ толкуйа, дьоҥҥо, көрөөччүгэ сөптөөх, интириэһинэй буолара барыта эн искинэн киирэн ааһар. Култуураҕа бэриниилээх дьон үлэлииллэр дии саныыбын. Советскай кэмҥэ өрө күүрүүлээхтик, биир идеянан үлэлээн кэллэхпит дии. Билиҥҥи култуура үлэһиттэрэ дьону түмүүгэ ыарахаттардаах курдук көрөбүн. Арай кулуупка үчүгэйдик үлэлиир түмсүүлэр баар буоллахтарына кыайыахха сөп дуу, специалист таһаарыылаахтык үлэлииригэр идэтин сөбүлүөхтээх, бэриниилээх буолуохтаах дии саныыбын.

“Ырыаларым —  олоҕум арахсыспат аргыстара” ырыанньык хомуйан таһаартарбытыҥ, бу туһунан этиэххэ

  — Ыллыыр буолан араас истиҥ тыллаах хоһооннортон санаа хоту мелодиялаан бэйэ толоруута, санааҕа астык. Онтон кэлин ырыа оҥоһуутугар тартаран  киирэн бараҕын. Ырыаҥ элбиир ону умнуллан хаалбатын диэн түмэн ырыанньык оҥорон таһаарбытым. Ырыа дьиҥинэн элбэхтэ ылланнаҕына эрэ ырыа буолар быһыыта.

Ырыа эйиэхэ тугу биэрэр?

Ырыаҕа эн дууһаҕын арыйаҕын, киэҥ дуолу анаараҕын, саныыр санааҕын этинэн көхсүҥ кэҥиир. Кэрэни, сырдыгы , истиҥ ыраас тапталы, туойаҕын. Ол курдук олоххо тардыһыылаах буолаҕын. Күн сирэ күндүтүн, кэрэтин, күн аайы сэргии көрөҕүн .

Федор Павлович, эн мындыр хаһаайын, мас ууһа, толкуй, дьоҕур киһи буоларгын билэбит.  Барыта хайдах сатанарый?

  • Саха сахатынан кэрэ диэбиттэринии , саха сатаабата суох. Кыра эрдэхпиттэн айылҕалыын алтыһан буһан, тоҥон, олох иһин күн аайы чирэстэһэн, охтон сүппэт чиҥ санаалах күннээҕи олоҕун кыһалҕатын эт мэйиигинэн, харыҥ күүһүнэн оҥоһуннаххына эрэ табыллар буоллаҕа. Олох кыһалҕа барытыгар үөрэтэр. Ол иһин Саха эр киһитэ, дьахтара бу олоххо барыны сатыыр буолар, оҥорор: уһанар да, иистэнэр да, сатаабата суох.

Саахыматы, дуобаты оонньургун сөбүлүүгүн. Тоҕо?

  • Саахымат, дуобат өй оонньуута, бу оскуолаттан саҕалаан олус үчүгэй туһалах буолуо этэ. Биһиги Кытаанахха үөрэнэ сылдьан 8-9-10 кылаастарга интернат уолаттара утуйар уубутун умнан туран оонньуурбут, бэйэбит кинигэ, сурунаал буларбыт. Интернатка хос аайы оонньуурбут. Арыылаахтан элбэх оҕо үөрэнэрэ.

Түмүккэ, иллээх ыал буолан олоруу кистэлэҥэ туохха сытарый,эн санааҕар?

  • Бу олоххо ыал буолан, оҕо төрөтөн дьон сиэринэн быр-бааччы ыал буолан олоруу, үрдүк айыылартан айыллыбыт, инники дьылҕабытын ыйан биэрбит аналбыт буоллаҕа. Эн кэлэр кэнчээри ыччаттаргар, эн олоххун салгыыр сиэннэргэр олох киэҥ суолугар анаан алҕаан киллэрдэххинэ, эн дьолун-соргун  — ол буолар. Бу биирдэ бэриллэр олоххор эн өбүгэн үгэһин барҕа баайын кэлэр көлүөнэ ыччаттарга хаалларбыт буоллаххына – олох ситимэ быстыбат.

  Федор Павловичка, улахан махтал, атах тэпсэн сэһэргэспит курдук сананныбыт. Ол ыган, оннук түгэн өссө көстөрө буоллар диэн баҕа санааны ууруохха. Федор Павлович кэргэнинээн Любовь Петровналыын култуура эйгэлээх дьон, иккиэн Чурапчы улууһун култууратын ветераннара буоллаллар. Баҕарабыт, күндү дьоммор, бары үчүгэйи, оҕолорун, сиэннэрин тула үөрэ-көтө, айа-тута олороллоругар, сырдык илгэлээх, кэрэ эйгэлээх дьиэ кэргэн дьоллоох олохтоох буоллуннар!

Комментарий читателей статьи "Библиотека ыалдьыта — ырыа айааччы Федор Трофимов."

  • Есть чем поделиться? Пишите в комментариях

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *