МКУК "Чурапчинская МЦБС"
филиал №12 сыланская сельская
модельная библиотека

РС (Якутия), Чурапчинский улус, с. Сылан,
ул, Дьячковского, д. 76
Главная » Без рубрики » Тохсунньу - Таҥха хаан ыйа
Уважаемые посетители сайта !
Просим принять участие в  опросе и ответить на вопросы  анкеты "Оценка удовлетворенности работой организации"

Свежие комментарии

Тохсунньу — Таҥха хаан ыйа

Тохсунньу — Таҥха Хаан ыйа

 Тохсунньу тоһуттар тымныытыгар Сахабыт сиригэр Таҥха кэлэр кэмэ. Таҥха сэттис халлааҥа олорор дьлыҕа таҥарата. Кини Билгэ Хаанныын бииргэ кэлэр, быһа барыллаан  ахсынньы 20-тин кэннэ. Айыы үөрэҕэ этэринэн, Таҥха киһи таайар, сэрэйэр күүстэрин, киһи дьылҕатын билгэлиир ньымаларын түмэр.

   Ый билгэтэ : Тохсунньу ый кыһын оройо буолан от ыйыгар сөп түбэһиннэрэллэр. Тохсунньуга тымныйдаҕына, от ыйыгар кураан буолар. Хаардаах, былыттаах буоллаҕына, ардахтаах ый күүтүллэр.

 Таҥха Хаан туомнара : Таҥханы олордуу. Инникини түстүүр алгыһы оҥорорго Таҥха Хааны олордуллар. Туом ый 7-с күнүгэр буолар. Бу күн саҥа уот уматыллар.

  Түс олордуу. 40 саастарын туолбут дьоҥҥо түс-бас буолбуттарын бэлиэтээн, ый 14-с күнүгэр түс олордуу диэн туом ыытыллар.

Ойуута : орто күөрчэх

Суолтата : инникини өтө көрүү

Тыла : Туску

Сулуһа : Орой сулус

Бухатыыра : Дьулларытта Дохсун

Куота : Сырдык Куо

Мала : Түөрэх

Тыаһа : Аарык

Үүнээйитэ : Тиит

Көтөрө : Чооруос

Кыыла : Сиэгэн

Аһа : тоҥ

 Тохсунньу ый Алгыһа

Биһикпин биһиктээбит,

Түөрэхпин түһэрбит,

Таҥха Хаан, бэттэх хайыс.

Сыыһа суолга саһыарыма,

Туора суолга туттарыма.

Салбардаах санаам ситимин салҕаа.

Үтүө санаам өркөнүн туттар.

Былаҕайы былаама,

Түөрт үттүбүн күрүөлээ,

Тускулу тосхой,

Дьолуону туһаай,

Эппитим эҕэрдэ буоллун!

Дом!

/Саха ыалан халандаарыттан – 2024 сыл.

Чыыһылалар бэлиэлэрэ :

1 – салайар түмэр төрүт күүс, холобур, Эр Соҕотох Эллэй.

2 – олох төрдө, таптал, кыһамньы, аһыныы – олох икки тапталынан утумнаан салҕанар.

3 – толору оҥоһуу, үөһэттэн ыйаах, муударас.

4 – аан дойду сүрүн тутула, холобур, кириэс бэлиэлээх өйдөбүллэр, сир-дойду түөрт сүрүн хайысхата.

5 – көҥүл, сайдыы, дэгиттэр буолуу, холобур, биэс салаалаах сулус – эҥкилэ суох буолуу

6 – тэҥ сыһыан : халлаан уонна сир, толкуй уонна иэйии, холобур, өй-сүрэх мөҕҕүөрэ сайдыыны салайар.

7 – дьол-соргу бэлиэтэ.

8 – куйаар (космос) өйдөбүлэ, сахаҕа улуу ойуун аан дойду 88 аартыктарынан айанныыр.

9 – үрдүкү айар күүс. Айыы Тойон тохсус халлааҥҥа олорор, оҕо тоҕус ый иэйтин иһигэр ситэн, күн сирин көрөр.

Р.И.Бравина “Түүл сахалыы тылдьыта” кинигэтиттэн.

Комментарий читателей статьи "Тохсунньу — Таҥха хаан ыйа"

  • Есть чем поделиться? Пишите в комментариях

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *